Напоминание

"Сценарий выпускного мероприятия начальной школы"

Автор: Демешина Яна Афанасьевна
Должность: учитель начальных классов
Учебное заведение: МБОУ Ожулунская СОШ
Населённый пункт: с. Дябыла Чурапчинского улуса Республики Саха (Якутия)
Наименование материала: методическая разработка
Тема: "Сценарий выпускного мероприятия начальной школы"







Вернуться назад       Перейти в раздел





Текстовая часть публикации


Алын сүhүөх оскуоланы бүтэрээччилэр

тумуктуур концертарын сценарийа.

Описание материала:
К вашему вниманию предлагается сценарий выпускного вечера в 4 классе на якутском языке. Актуальностью публикации данного материала будет малое количество или отсутствие материалов на якутском языке в интернете. Я надеюсь, будет полезен учителям начальных классов, которые выпускают 4 класс в якутских классах.
Оформление:
зал украшен воздушными шарами, плакатами, живыми цветами, творческими работами учащихся.
Цель:
проведение выпускного вечера в начальной школе.
Задачи:
- Подвести итоги четырёх лет обучения в начальной школе, - Сплочение детского коллектива и родителей через совместную деятельность - Развивать детскую коммуникабельность, создать атмосферу праздника. - Воспитывать доброту, взаимопомощь, уважительное отношение к педагогам и к своим одноклассникам.
Предварительная работа:
разучивание стихов и песен, танцевальных номеров, сценок о школьной жизни, оформление дипломов «Выпускник начальной школы»; изготовление памятных подарков своими руками учителям, родителям, гостям; подготовка презентации, фильма; подготовка записи музыкального сопровождения праздника. Буолар бэс ыйын 1 кунугэр 2015 Оскуола актовай залыгар. (фоновай музыка тыаьыыр)

Оля:
Үрдүк үөрүү аргыстаах Үтүө күн үүммүтүнэн, Аламай маңан күммүт Алаарыйа сыдьаайбытынан, Сыал –сорук туолбут Саргылаах түгэнинэн Эйээркэй эђэрдэ, Дорђоонноох дорообо!
Сеня:
Убаастабыллаах учууталлар, Ытыктабыллаах ыалдьыттар, Түбүгүрбүт төрөппүттэр, Бырааттарбыт, балыстарбыт! Бүгүңңү күңңэ Буhан –хатан Билии бэрдин ылынан Аађар, суоттуур, суруйар Айар, ыллыыр, хоhуйар Одьулуун орто оскуолатын Алын сүhүөђүн бүтэрэр Араас сатабылламмыт Арыый да улааппыт Ођолорун көрсүөђүң!
Алина:
Түөрт сыл туруулаhан 2904 уруокка, Или –эйэни ииттинэ Ирэ –хоро үөрэннибит. 2433 сүүрэр-көтөр, Тургутуhар тохтобулланан Аата –ахсаана биллибэт Аађыллыбыт кинигэлэнэн, Араас буочарынан суруллубут Баhаам элбэх тэтэрээттэнэн Ытаан, ыллаан, бурайсан, Иллэhэн да, аhынсан Оскуолабытыгар, учууталбытыгар Иккис дьиэбит кэриэтэ Сүрэхпитин сүүйтэрдибит, Санаабытын таптардыбыт, Куппутун туттардыбыт, Тапталынан куустардыбыт.
Айсен:
Оскуолабыт убулуейугэр анаммыт өрөгөй ырыатын
Махталынан туолбут дууhабытыттан Манньыйан туран, Сүhүөхпүт үрдүгэр дугунан Сүрү күүhүрдэн ыллыађың! (Ырыа бары «Махтал оскуолам») Сеня (сцена кэнниттэн) - Учуутал, учуутал эн урдук ааккар сугуруйэбит! Учуутал барахсан, кэнчээри ыччаты иитиигэ оло5ун анаабыт, ыраа5ы өтө көрөр, кэрэ дуућалаах, аћыныгас санаалаах, үөрэтэр о5олоругар чиң билиини иңэрэр, дьиң – чахчы үтүө кићи. Сцена5а ыңырабыт күндү учууталларбытын Туйара Семеновнаны, Светлана Григорьевнаны, Туяра Егоровнаны, Николай Петровиьы.
Алина
: Үөрэх - билии ыларга, талааны - дьо5уру сайыннарарга, Бэйэни сатаан салайыныыга, Олоххо сыаллаах – дьулуурдаах буоларга. Үтүө5э – кэрэ5э, үөрэ – көтө сылдьарга ућуйар Уруок таћынан дьарыктар салайааччыларын сцена5а ынырабыт! Колесова Алевтина Тарасовнаны, Седалищева Павлина Даниловнаны, Аржакова Луиза Алексеевнаны, Попов Иван Ильиьы, Аржаков Алексей Алексеевиьы, Прокопьев Евгений Вячеславовиьы, Саввина Лидия Петровнаны. Нарыйа: Омук дьикти тылыгар Умсугуйан үөрэтэ5ин, Истинник мичээрдээн Кылааска эн киирэ5ин. Туйара Семеновна, махтанабыт эйиэхэ! Андриан: Наада миэхэ о5олоор, Кустук өңнөөх кырааска
Альбом, киистэ, харандаас. Пейзаж, портрет ойуулуом Улуу худуоћунньук мин буолуом! Светлана Григорьевна, махтанабыт эйиэхэ! Яна: Ырыа – сүрэх төлөнө, Ырыа – санаа көңүлэ, Ырыа – үөрүү кыыма, Ырыа - нарын иэйии. Туйара Егоровна, махтанабыт эйиэхэ! Айсен: Сүүрэр – көтөр, эрчиллэр. Уруокпутун кэтэћэбит. Пионербол, перестрелка Оонньуурбутун ордоробут!. Николай Петрович, махтанабыт эйиэхэ! Денис: Мандар иис кистэлэңин арыйан, Кылы субуйа тардарга үөрэттин, Ойуулаан, оћуордаан, киэргэтэн Өбүгэ үгэћин ситимнээтин! Алефтина Тарасовна, махтанабыт эйиэхэ! Настя: Ахсаан умсугутуулаах эйгэтигэр, «Тиин мэйиилэри» дьарыктаатын, Логическай задачалары Эриэхэлии илдьириттиң! Павлина Даниловна, махтанабыт эйиэхэ! Ярик Ис санаа кистэлэң ута5а,
Урућуй быыьыгар кыбыллар. Ол ону арыйан буларга, Айылгы идэлээх ууйар. Луиза Алексеевна, махтанабыт эйиэхэ! Саша С. Дуобат алыптаах хонуутун Устатын – туоратын сыыйдыбыт. Тыксаан, уксаан диэн баарын Эбии үөрэтэн биллибит. Иван Ильич, махтанабыт эйиэхэ! Саша Б. Имигэс хамсаныы кэрэтэ, Иитиллэр кистэлэң күүстэрэ Υнкүүгэ, үнкүүгэ арыллар Υөрүүттэн дьон – сэргэ манньыйар. Алексей Алексеевич, махтанабыт эйиэхэ! Гоша Аныгы технологиялар Балысханнык сайдаллар. Робот айан таьаарыам, Ба5ар куңңэ да ыытыам! Евгений Вячеславович, махтанабыт эйиэхэ! Октя Төрдү – уућу сэңээрэр, Чинчийэр – үөрэтэр дьарыктаах Эдэр кыраайы үөрэтээччилэр Инникигэ эрэллээхпит, Ситићиигэ дьулуьабыт! Лидия Петровна, махтанабыт эйиэхэ!
Сеня: Кунду учууталларбыт, уьуйааччыларбыт! Айыыьыккыт арчытынан, Иэйиэхсиккит иэйиитинэн ессее да о5олору сырдыкка уьуйун, айа тута, уерэтэ- дьарыктыы сылдьын. Ба5арабыт элбэх махталлаах уерэнээччилэри! (Бары «Таптыыр, ахтар, Сахам сирэ» Оонньуу «лотерея» (Музыка мода)
Олеся:
Эћиги иннигитигэр республиканскай, региональнай, улуустаа5ы «Хотугу сулус», «Дьар5аа» мода – дизайн конкурстарын хас да төгүллээх дипломаннара, «Ситии» мода студиятын иитиллээччилэрэ. «Манчаары оонньуулара» коллекция. (Оля Манчаарыга киирбэт).
Олеся:
Кэрэтиэн, эн ыллыыр ырыан Кэрэтиэн, эн туойар тойугун, Кэрэхсии – долгуйа истиэ5ин, Кутуллар, бу көмүс дор5оону. Баягантаева Оля толоруутугар ырыа, «Хомус»
Олеся:
Көрсүн, Республикатаа5ы «Уолан аа5ыылара» кыайыылаахтарын, биир дойдулаахпыт, суруйааччы Василий Назарович Егоров – Тумарча 80 сыллаах юбилейнай тэрээћинигэр аналлаах нэћилиэккэ ыытыллыбыт конкурстар кыайыылаахтарын хоћоонньут уолаттары! (Номер монтаж уолаттар «Одьулуун»).
Олеся:
Талааннаах – талааны арыйар Дьо5урдаах – дьо5уру иңэрэр, Кэнэ5эс кэскиллээх оло5у Дьоћуннук тускулун тустэћэ. (Алина Максимова «Здравствуй, Якутск!»)
Олеся:
Сценка «Павлик дьиэ5э улэни хайдах толорбутай?» (Гоша тахсан барда5ына «Сарсынны күн үүммут» диэн санарар,
Сценка буттэ5инэ «О5олоор, маннык көстүүлэр эћиги орто5утугар бааллар дуо?) Оонньуу лоторея 5 шт (музыка батик) Без объявления «Батик мода». Конкурс «Угадай кто?» (ыытар тереппут)
Олеся
: Англия омугун тылын, Ырыатын – тойугун, үңкүүтүн Биир сыалга бићиги тићэбит Бар дьонно бићиги тиэрдэбит. (Английское попурри) Оонньуу: Кустар көрүңнэрин таайыы. Ыытар төрөппүт Семен Седалищев. (Музыка тыаћыыр «Loona») Варежка үңкүү. Лоторея 5 шт.
Олеся
: Керсун куустээх ытыс тыаьынан, Кыайыы 70 сылыгар аналлаах улуустаа5ы «Айхаллан А5а дойдум» хор керуутун лауреаттарын уолаттар ансамблларын.
Олеся
: Хаhан да салгыбат, умнубат Бу дьоллоох кэмнэрбит үөрүүтэ Кырдьары билимэ сүдү вальс! Умнууга хаалыма дьикти вальс!
Вальс под музыку из мультфильма «Анастасия»
(вальс кэнниттэн о5олор полукруг аллараа тураллар, биирдии биирдии сцена5а тахсаллар)
Олеся:
Эьиги иннигитигэр алын сүћүөх выпускниктара! Мэниктэр – тэниктэр, сүрдээх спортивнайдар,
Хорсуннар – хоодуоттар, барыга – бары көхтөөхтөр, Толкуйдаахтар, билэргэ – көрөргө ба5алаахтар, Уопсайынан ыллахха Олус эйэлээхтэр!!! Керсун, Ураты – дьикти керуулээх Имигэс туттуулаах. Эйэ5эс кыыспытын Андреева Настяны Саха нарын-намчы кыыьа Ааттыын кытта Нарыйаана. Истин – килбик мичээрдээх. Олус олус кыьамньылаах. Барашкова Нарыйаана Баягантаева Оля. Туохха барытыгар Эргиччи талааннаах. Ыллаан да эйээриэ, Ункуулээн да тэлээриэ. Математиканы да суоттуо, Остуоруйа да айыа. Божедонова Саша Лынкынас куоластаах, Олус истин сыьыаннаах, Кимиэхэ барытыгар куруутун кемелеьер кыыспыт Винокуров Ярослав Удьуордаан баппыт куустээх куоластаах ырыаьыппыт. Ба5арда5ына барытыгар дьо5урдаах уолбут. Гуляева Октя Минньигэс мичээрдээх Киэн дууьалаах, Санаабытын сааьылаан Кумаа5ыга тиспитэ Ыстатыйа буолан тахсыа Гуляев Андриан Уруьуйдуурун олус себулуур
Комикстарынан улуьуйэр Олус эппиэтинэстээх Сэмэй уолбут Кардашевская Яна Кылааска ким кулэрэ алтан чуораан буолан иьиллэрий? Биллэн туран Яна кыыспыт. Ким да билбэтэх боппуруоьугар Соьуччу эппиэти ким буларый? Биллэн туран биьиги Янабыт. Карпов Герман Герман ийэтинээн Олуьун кыьаллан Араас тэрээьиннэргэ Куруутун кытталлар Бииртэн биир урдук ситиьиилээх буолаллар. Максимова Алина Теруччутун ырытан уерэтэринэн дьарыктанар, Ебугэ угэьин ере тутарын кэрэхсиибит . Тыл предметтэригэр айыл5аттан дьо5урдаах Тенниьинэн улуьуйэр Истин сыьыаннаах дьуегэ кыыспыт. Павлова Инна Элбэхтэ аа5ар, тус бэйэтин сайыннарар, Инна билбэтэ5э суох, Инна кербете5е суох, Учуутал киэн туттуута, кемелеьееччутэ Уна, ханас илиитэ. Седалищев Саша Билиэн – керуен олус ба5алаах, Киэн кругозордаах, Бэьиэлэй кэпсээннээх, Аьыныык, утуе санаалаах Седалищев Сеня Спорт диэн баран
Муннукка ытаабыт Бэйэтин тэннээхтэригэр Утарсааччыны кербетех Куустээх – уохтаах, быьый- сымса боотурбут Сибиряков Айсен Кыра5ы харахтаах бэргэн ытааччы Еркен ейдеех математик Булугас тиин мэйиилээх Холку эрэллээх уолбут. Слепцов Гоша Робототехника уруогун Барытыттан чорботор Эрэллээх эркиннээх табаарыс Дьин чахчы саха уола Гошабыт. Харайбатов Денис Хаьан да хойутаабат Уруогу мээнэ кетуппэт Имигэс хамсаныылаах ча5аархай куоластаах (презентация «Ийэлэрбит, видеофильм «А5аа, эйиэхэ аныыбын») Билии –көрүү дойдутугар
(Инна)
Чиң билии ыларбар Күүс - көмө буоллулар Күндүттэн күндү дьоннорбут Ийэлээх ађабыт,эбэлээх эhэбит. Үтүөђэ кэрэђэ уһуйан (
Нарыйа)
Үөрэтэр мин ийэм барахсан, Күн сирин көрдөрбүт үтүөђүн Күндүтүк, истиңник саныађым. Сир үрдүгэр ийэ баар буолан, (
Ярик
) Олох тыллар сибэккилии. Хаар ууллан, уу тахсан Күн –дьыл ааһар биллибэттии. Ыалдьаммын утуппат түүннэрим (
Настя)
Эн сүүскэр сурааһын хааллартар. Мэниктээн улдьаарар түгэним
Ол маңан сүүмэхтэр эбиттэр. Ийэ барахсан эмиэ кырдьар, (
Андриан)
Сааһыран бытааран барар, Ол эрээри ођолоругар, Таптала күүһүрэ турар. Эн тикпит таңаскын кэтэрбин (
Яна)
Илиикэн сылааһа угуттуур, Мунчааран санньыйар кэмнэрбэр Эн намыын куолаһын иһиллэр. (Биллэриитэ суох кыргыттар ансамблларын толоруутугар «Урун кун»). (о5олор тереппуттэригэр бэлэхтэрин туттараллар) (оскуола администрацията тыл этэр)
Учуутал тахсар
: Утуе кунунэн манна мустубут бары о5олор, тереппуттэр, бары ыалдьыттар! О5о кемускэлин кунунэн барыгытын итиитик- истинник э5эрдэлиибин! Биир муударай киьиттэн ыйыппыттар: «Дьол диэн тугуй?» Онуоха кини эппит: Дьол диэн – куруутун эдэр дууьаланаргар уонна тереппуттэрин доруобай буолалларыгар» диэн. Кунду ийэлэр, а5алар, эбээлэр, эьээлэр! Саамай чугас дьоннорбут! Маннайгы уктэллэрбитигэр куус – кеме буолбуккутугар Барыгытыгар бар5а махтал! О5олорбут туьа диэн миэхэ улэбэр куруутун куус – кеме, субэ - ама буолбут тереппуттэргэ махтал суруктарбын уонна бэлэхтэрбин туттарарбын кенуллээн. 1. - Седалищева Евдокия Гаврильевна, Семен Семенович дьиэ кэргэн. 2. - Андреева Марфа Афанасьевна, Николай Петрович 3. - Максимова Туйара Семеновна, Афанасий Петрович 4. - Баягантаева Александра Иннокентьевна, Петр Степанович 5. - Слепцова Евдокия Дмитриевна5а. 6. - Гуляева Мотрена Алексеевна5а 7. - Васильев Илья Ильичка. 8. - Кардашевская Надежда Анемподистовна, Николай Максимович
Ођолору биирдиилээн чиэстээhин:

Учуутал:
4 сыл устата бары бииргэ Олох дьикти түгэннэрин, Олох элбэх эгэлгэтин,
Олох араас абылаңын, Олох уйан үөрүүлэрин Оскуолађа биллигит. Эhиги бары арааскыт, Ол да буоллар бииргит. Биир учууталлааххыт, Биир кылааска үөрэнэђит. Хас күн аайы бу сыллар усталарыгар Күнүм эhигинэн сађаланар 15 араас сирэй, 15 араас майгы Ол эрээри мин санаабар Эhиги бары тэбис тэңңит. Хас биирдии киhи туох эрэ уратылаах, кэрэхсэбиллээх өрүттээх. Билигин эhиэхэ анал ааттары туттарыахпын ба5арабын. 1. Максимова Алина – Номинация «Лучшая выпускница начальной школы» 2. Сибиряков Айсен – Номинация «Лучший выпускник начальной школы» 3. Павлова Инна – Номинация «Гордость класса» 4. Сибиряков Сеня – Номинация «Лучший спортсмен» 5. Андреева Настя - Номинация «Лучшая общественница» 6. Баягантаева Оля – Номинация «Самая талантливая» 7. Слепцов Гоша – Номинация «Лучший друг» 8. Гуляев Андриан – Номинация «Скромность и настойчивость» 9. Седалищев Саша – Номинация «Самый любознательный» 10.Барашкова Нарыйаана – Номинация «Самая старательная». 11.Божедонова Саша - Номинация «Чуткое сердце» 12.Гуляева Октя – Номинация «Самая трудолюбивая» 13.Кардашевская Яна – Номинация «Самая веселая и находчивая» 14.Харайбатов Денис – «Самый пунктуальный» 15.Винокуров Ярослав – Номинация «Надежда и опора класса»
Кэс тыл:
Кунду о5олорум! Соторутаа5ыта эрэ сэрбэллэн, улахан суумкалаах, сибэкки дьербелеех оскуола боруогун атыллаабыккыт. Эьиги бастакы кылааска киирэн А-тан, Б-тан са5алаан аа5ар, суруйар буолбуккут. Ол кэмнэртэн номнуо 4 сыл ааьа охсубут. Бааллар этэ биьиэхэ куустээх уерэх куннэрэ, ойон – тэбэн мэниктээбит да кэмнэргит, уерууну- да хомойууну да билбит араас тугэннэрбит. Кыайтарыы хомолтото да, кыайыы кетеле да5аны
биьигини кытары аргыстаспыттара. Билигин эьиги Билии киэн аартыгын арыйанныт, ейгутун уксэттигит, билиигитин ханаттыгыт!Аны орто суьуех оскуола5а тахсыаххыт. Уерэххитигэр кыьанан учугэйдик уерэнээрин, учууталларгыт тылын истэн кыьамньылаахтык уруоккутун аа5аарын! Мэниктээбэккэ оскуола5ытын харыстаан! Билиигэ – керуугэ тардыьыыгыт уксээтин! Аартыккыт арыллан истин, уеруугут уксуу турдун диэн алгыс тылбын тиэрдэбин
Ођолор андађар тыллара
Өбүгэбит үөрэђин, Ыраас ыра санаатын Сиэрин-туомун тутуhуом. Төрөөбүт төрүт тылбын Дириҥник баһылаан, Сахалыы тыыннаах Ааттаах-суоллаах, Айыы киһитэ буоламмын, Дьоммут, дойдубут туһугар Дьоһун оло5у олороору Сайдыы аартыгын Тэлэччи аһаары Сытыы өйбүтүн сайыннараары Талба талааны арынаары Бар дьоммутугар туһалаах Үөрэ5и, идэни баһылаары Бэйэ5э эрэллээх Бэйэтин ытыктанар Сайдам санааны олохсутаары Саханы Саха дэтээри Үөрэнээччи идэтин баhылаан Үөрэннэхпит кыhанан! Ылсыбыты ыһыктыбакка Санаабыты самнарбакка Үтүө күүстээх Үрдүк таһымнаах Өбүгэ үөрэ5ин Умсугуйан ылынан Уруйдаан-айхаллаан Атастыы омуктардыын Үйэлэртэн үйэлэргэ Үүнэн-сайдан тахсыахпыт!
Бары: Уруй-айхал буоллун! Уруй-туску буоллун! Финальная песня.
Маленькая страна
Знаем мы все, что есть на свете маленькая страна Есть у страны своё названье, школа начальная Там ждёт нас множество открытий, Там зла и горя нет Там управляет всем учитель и знаний дарит свет Маленькая страна, школа начальная Здесь хорошо учиться детям Им второй дом она Маленькая страна, школа начальная Здесь нам всегда открыты, двери школа друзей полна Помним, как привели впервые мамы за ручку нас И за учителем вошли мы в светлый просторный класс В школе родной, мы знали точно, что нас всегда поймут Что нас в любую непогоду школьные мамы ждут Можем сегодня в этом зале волю мы дать словам Но не вернуться нам обратно к первым своим годам Дети приходят и уходят - всех нас не сосчитать И будет первый наш учитель вновь малышей встречать (тереппуттэр торт таьаараллар)